Муус устар 22 күнүгэр Худуоһунньуктар дьиэлэригэр орто туруу дойду кэрэ түгэннэрин үйэтитэр талааннаах, хаартыска абылаҥар уһуйбут доҕорбут Александр Петров 45 сааһын көрсө, кини сырдык кэриэһигэр анаммыт уонна кини тэрийбит “Фотомастер” бөлөҕүн быыстапкатын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Быыстапкабыт сыалынан Александр уонна үөрэнээччилэрин хаартыскаларын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, Сахабыт сирин дьонун-сэргэтин, айылҕатын кэрэтин, кыраҕы хараҕынан таба көрөн, үйэтиппит үлэлэрин билиһиннэрии буолар.
Хаартыска диэн тугуй?
Кыл түгэни тутуу,
Сүтэр түгэни үйэтитии…
Түгэн диэн тугуй?
Олохпут биир ааһар кэрчигэ,
Олохпут биир чаҕыл күнэ…
“Олус да үчүгэй, кэрэ көстүүлээх сири, айылҕаны сыыһа түһэрбит хаартыскаларын көрө-көрө сүрэҕим ыалдьар этэ. Ол иһин Сахам сирин дьонугар, саатар, кыра да билиини биэрбит киһи… Үөрэнэргит, сайдаргыт барыта бэйэҕититтэн тутулуктаах. Бачча кыраһыабай дойдуга олорон, хаартыскаҕа сыыһа түһэрэн, кэрэ көстүүлэри буортулуурбут табыллыбат! Онон кытаатан үөрэниҥ, быраабылалары тутуһуҥ,”- диэн этэн туран, Александр 12 сыл анараа өттүгэр, 2014 сыл ыам ыйыгар оччолорго киэҥник үөдүйбүт ватсап ситиминэн хаартыскаҕа үөрэтэр түмсүүнү арыйбыта.
Бэйэтэ Мирнэй Таас үрэҕэр олорон, Саха сирин араас муннугуттан: Өймөкөөнтөн, Сэбээн Күөлтэн, Абыйтан, Үөһээ Дьааҥыттан, Халыматтан, Томпоттон, Ленскэйтэн, Мирнэйтэн, Бүлүүттэн, Сунтаартан, Хаҥаластан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Мэҥэттэн, Өлүөхүмэттэн, Дьокуускайтан — биир санаалаах, биир интэриэстээх дьону түмэн, уон сыл устата хаартыскаҕа түһэрии албастарыгар, кистэлэҥнэригэр уһуйбута, үөрэппитэ. Ирдэбиллээх, киэҥ билиилээх эдэркээн учууталбытыгар такайыллан, сорохпут хаартыскаҕа түһэриини идэ оҥоһуннулар, Россия, Саха сирин араас күрэстэригэр ситиһиилээхтик кытталлар.
2022 сыллаахха Алмаастаах Мирнэй куоракка Александр Петров персональнай быыстапкатын туруорбута. Ол быыстапкатын аҕалан уонна бөлөхпүтүттэн 34 киһи 80-ча үлэтин дьон-сэргэ сыанабылыгар таһаардыбыт. Художниктар союзтара өйөөн, уораҕайдарыгар миэстэ булан биэрэн, бары тэрээһиннэргэ көмөлөспүттэрин махтал тылынан ахтабыт.
Үөрүүлээх тэрээһиммитигэр Александр кэргэнэ Екатерина, кыыһа Аэлита, аймах-билэ дьонноро, чугас доҕотторо кэлбиттэрэ долгутуулаах буолла. Профессор, искусствовед Зинаида Ивановна Унарова, Республикаҕа маннык форматтаах бастакы быыстапка диэн бэлиэтээн эппитин сэргээтибит. Ыалдьыттарбыт: суруйааччы, художник, фотограф Николай Николаевич Курилов, художник Иннокентий Петрович Попов, “Полярные авиалинии” бортовой сурунаал редактора Николай Васильевич Кычкин, Художниктар союзтарын председателин солбуйааччы Наталья Васильевна Николаева, быыстапканы сыныйан көрөн, санааларын эппиттэрэ сүргэбитин көтөхтө. Александр туһунан истиҥ-иһирэх ахтыылары иһиттибит, элбэх махтал тыллар этилиннилэр.
Быйылгы 2026 сыл Саха сиригэр биллэриллибит культура сылын чэрчитинэн ыытыллар быыстапкабыт ыам ыйын 22 күнүгэр диэри 1 ый устата туруоҕа. Үлэлиир кэмигэр араас хаартыскаҕа сыһыаннаах көрсүһүүлэр, мастер-кылаастар уонна фотосессиялар ыытыллыахтара.
“Фотомастер” бөлөх




